Кыhыл саhыл кыалыктаах,

Хара саарба хаппардаах

Былаах кэрэмэс кымньыылаах,

Ойдоох буурай оонньуулаах,

Бардам тутуу,

Барылы кэскил,

Баай барылаах

Тойон эһэм,

Истэ сэргэҥэлээ,

К8р8 бүдүүлээ!

Саха халандаарыгар Сэтинньи ый Байанай ыйа. Сахалар, биһиги обүгэлэрбит итэҕэллэринэн, Байанай диэн тыа иччитэ, ойуур, көтөр-сүүрэр таҥарата. Кини тыа отун-маһын, көтөрүн-сүүрэрин барытын араҥаччыллыр.

Байанайы олус үөрүнньэҥ, булчуту кыһыл-хара кылааннааҕынан, адаар муостааҕынан, ардай ардастааҕынан күндүлүүр — маанылыыр.

Биһиги уһуйаамытыгар Байанай ыйын бэлиэтиир дьрыктары хас биирдии бөлөххө ыытыбыт.

Бөлөх аайы тус туһунан дьарыктар буолла. Оҕолорго экранҥа слайд быһыытынан Баай Барыылаах Байанайы уонна булт сиэрин-туомун, өбүг.бит угэстэрин билиһиннэрэр видео көрдөрдүбүт. Ойуур кыылларыгар сыһыаннаах, булка, балыкка туттуллар сэп-сэбиргэл туһунан таабырыннары тайыстыбыт.

Айылҕаҕа тахсан баран хайдах сылдьыахтаахпытын туһунан кэпсэттибит.

Дьарык иккис туһумэҕэр физкультураҕа уһуйаачыта Прасковья Николаевна оҕолорго сүүрүүлээх-көтүүлээх ооньуулары ооньотто. Холобурга: «ат сүүрдүүтэ», «кустаһыын», «балыктаһын», «сыал ытыытаНь уо. да а.

Үһүс түмүктүүр туһумэххэ. Уһуйааммыт Изоҕа уһуйааччыта Любови Иннокентьевна тыа кыыларын холлобура куобахчан апликациятын оҥотордо. Оҕолорго куобах туһунан кэпсээн баран баастан тугу сыһыаралларын, оҥороллорун кэпсээтэ.

Оҕолор үөрэ-лөтө оҥордулар уонна бары ол оҥоһуктарын тутан хаартыскаҕа түстүбүт.

Оҕолор бу дьарыктан өбүгэбит үгэстэрин, сиэри-туому ойдөрүгэр — санааларыгыар инэриммитэрэ ол биһиги улахан ситиһиит буолар

ПДО якутского языка Герамосива У.Г

Метки: