Саха киьитигэр кыыс диэн тыл сандал сааьы санатара, кэлэр кэскили кэпсиирэ, уунэр уйэни ейдетере. Кулун тутар ый 4 кунугэр «Кустук» бэлэмнэнии белеххе былаан быьыытынан ийэлэр уонна кыргыттар куннэригэр аналлаах тэрээьин буолан ааста. Кыргыттар ортолоругар «Кэрэчээнэ Куо» курэх ыытылынна. Куонкуруска 18 кыыс кытыннылар.
Куонкуруспут 3 туьумэ5инэн ыытылынна:
- Бэйэни 3 мунуутэ иьигэр билиьиннэрии;
- Талба талаан;
- Киэьээнни мааны былааччыйа.
Дьууллуур субэ улэтигэр кыттыыны ыллылар: сэбиэдиссэйи иитэр-уерэтэр улэ5э солбуйааччы — Могдоева М.П., эбии уерэхтээьин уруьуй кэрэ эйгэтин уьуйааччы — Федорова Л.И., эбии уерэхтээьин ункуу кэрэ эйгэтин уьуйааччы — Федорова Ю.П.
Дьууллуур субэ тумугу таьаарыар дылы сынньана таарыйа ийэлэрбитигэр «О5уруота тис», «Бастын ункууьут» диэн оонньуулары оонньоттубут. О5олор «Ис сурэхтэн» диэн ункууну ункуулээн баран бэйэлэрин онорбут оноьуктарын ийэлэригэр бэлэхтээтилэр, ырыа ыллаатылар, хоьоон аахтылар.
Биьиги иннибитигэр кэрэ-нарын кыргыттарбыт бэйэлэрин кыахтарын, талааннарын, дьо5урдарын арыйан кердердулэр. Тумуккэ кыргыттарбыт бары корона кэттилэр уонна анал аат ыллылар: «Долгууна Куо» — Седалищева Юлия, «Намыына Куо» — Данилова Эвелина, «Тускулаана Куо» — Николаева Аилена, «Кыталыына Куо» — Колесова Сайаана, «Кунчээнэ Куо» — Аммосова Сайнаара, «Нарыйаана Куо» — Егорова Аделия, «Мичийээнэ Куо» — Худогизова Куннэй, «Кундуйээнэ Куо» — Иванова Васианна, «Сандаара Куо» — Охлопкова Дарина, «Чэмэлиинэ Куо» — Васильева Вика, «Кустуктаана Куо» — Попова Лилия, «Туйаарыма Куо» — Максимова Аина, «Кэскилээнэ Куо» — Наумова Сайаана, «Кулумчээнэ Куо» — Федорова Ая, «Сааскылаана Куо» — Федорова Валя, «II Вице – Мисс Кэрэчээнэ Куо» — Лиана Лебедева, «I Вице – Мисс Кэрэчээнэ Куо» — Андросова Кира, «Мисс Кэрэчээнэ Куо – 2020» урдук аатын ылла Васильева Уйгууна. Ону тэнэ, «Мисс Зрительских симпатий» анал аатын ылла Федорова Валя.
Дьууллуур субэ кэрэчээн кыргыттарбыт бэйэлэрин билиьиннэриилэригэр, талааннарыгар кыбыстыбакка санара-инэрэ уерэммиттэрэ, тутта-хапта сылдьаллара урдээбитин бэлиэтээтилэр. Сааскы маннайгы бырааьынньыкпытыгар курэхтэьэн биьиги харахпытын сымнаттылар, сурэхпитин сылаанньыттылар, сургэбитин кетехтулэр. Куонкурус сыалын-соругун ситтэ.
Бэлэмнэнии белеххе «Кэрэчээнэ Куо» куонкурса угэс уонна проект быьыытынан салгыы ыытыллара кэскиллээх уонна наадалаах диэн саныыбыт.
Куонкурус кыттыылаахтарыгар, кестуумнэри тикпит, киэргэппит кун кубэй ийэлэрбитигэр, убаастабыллаах дьууллуур субэ5э истин махталбытын тиэрдэбит!
Суруйда Васильева Анастасия Афанасьевна, «Кустук» бэлэмнэнии белех иитээччитэ.