«Осторуйа дойдута» уhуйанна Олунньу 27 кунугэр Улуу Кыайыы 75 сылын корсо, Дьокуускай куорат уhуйаанарын икки ардыларыгар ыытыллар, саха фронтовик — суруйаачыларын айымныларын аа5ыы бэстибээлэ буолан ааста. Бэстибээлгэ 36 уhуйаан кохтоох кыттыыны ылла.
Хас биирдии о5о бэстибээлгэ олус учугэйдик бэлэмнэнэн кэлбитэр, ис истэриттэн умсугуйан туран, дор5оонноохтук аахтылар.
Саха фронтовик — суруйааччылара П.Н. Тобуруокап, Т.Е. Сметанин, И.И. Артамонов, Куннук Уурастыырап, Баал Хабырыыс хоьооннорун киьи толгуйуох, киэн туттуох гына толордулар.
Дьокуускай куораттаа5ы Саха тылын уhуйаанна уорэтэр уhуйааччылар тумсуулэрин салайааччылара: Анна Николаевна Докторова уонна Сахая Николаевна Ядреева хас биирдии кыттаччыга «Туоьу суругу» туттардылар.
Бэстибээл кыттыылаахтарын «Осторуйа дойдута» уhуйаан «Солнечные зайчики» ылам болох о5олоро – «Наша Родина сильна» уонна улахан болох о5олорун толоруутугар «Эhэлэр геройдар» диэн ырыаны болох ууннулар.
Бу маннык тэрээhиннэр о5ону эрдэдиттэн, ийэ дойдутугар бэрэниилээх буоларга уонна патриотическай тыынна иттэр.
Кырачаан кыттаччыларбыттыгар, чуопчаарар чыычаахтарбытыгар ситиhиллэри ба5арабыт, уорэтэр уhуйааччыларыгар, тороппуттэригэр таhарыылаах улэни, урдук дабайыылары.
Материал подготовила: педагог ДОП якутского языка Герасимова У.Г