Саха халандаарыгар сэтинньи ый — «Байанай» ыйа. Сахалар итэ5эллэринэн, «Байанай» диэн тыа иччитэ, ойуур, кетер-суурэр танарата. Кини тыа отун-маьын, кетерун-суурэрин барытын араначчылыыр. Саха тылын уонна фольклорун уерэтэр педагогпут Герасимова Ульяна Геннадиевна о5олору, тереппуттэри уонна иитээччилэри ке5улээн олус умсугурдар тэрээьиннэри ыытта.
Бу ыйга биьиги 3 беле5унэн «Байанай киэьэтэ» диэн курэх тэрийдибит.
1.     «Сир Симэ5э» бэлэмнэнии белех уолаттарыгар 2 хамаанданан курэхтэьии тэриллибитэ: «Табалар», «Тайахтар». 1 туьумэх «Тиин мэйии» ыйытыыларга хоруйдааьын, 2 туьумэх «Ат сырсыы» — эстафета, 3 туьумэх «Таабырын таайсыыта», 4 туьумэх «Сытыы харах — сыалы бырах», 5 туьумэх «Балыктааьын». Эрийсиилээх, куурээннээх курэх тумугэр «Табалар» уонна «Тайахтар» тэн баалы ыланнар «До5ордоьуу» кыайда.
2.    «Кустук» уонна «Сардаана» белехтен «Байанай киэьэтэ» курэххэ 6 уол кыттыыны ылла. Муксунов Ваня — «Тиин мэйии», Петухов Эрчим — «Байанайга сугуруйуу», Борисов Ньургун — «Бастын ат суурдээччи», Николаев Алгыс — «Бастын балыксыт», Слепцов Эрчимэн — «Бастын булчут», Тимофеев Артем — «Бэргэн ытааччы» анал ааттары ыланнар уеруулэрэ уксээтэ.
3.     «Изумрудный город» уонна «Мир Диснея» нууччалыы иитиилээх белехтер «Байанай киэьэтэ» курэххэ кыттыыны ыллылар. 6 а5а уолаттарын кытта куен керустулэр. Саамай интэриэьинэй тугэнинэн а5алар собо балыгы бириэмэ5э ыраастааьыннара буолла. Ону тэнэ бултка сыьыаннаах ыйытыыларга хоруйдаатылар. Тумуккэ Игорь уонна Сергей Владимирович Ломоносовтар кыайыыла5ынан буоллулар, 2 миэстэ — Петя уонна Андрей Петрович Ивановтар, 3 миэстэ- Айаал уонна Алексей Анатольевич Петровтар.
Кыра белехтерге «Байанай ыйа» дьарык быьыытынан ааспыта.
Байанай эйгэтигэр аналаах «Сир симэ5э» белех тереппуттэрин ке5улээьининэн быыстапка- курэх тэриллибитэ. Кыайыылаах Венера Николаевна Антонова «Бултка сыьыаннаах кеме матырыйааллар», 2 миэстэ — Семен Семенович Стручков «Булт тэриллэрэ», 3 миэстэ «Бастын витражнай уруьуй» Изабелла Ивановна Чепалова.

 

Метки: