Оҕо төрүөҕүттэн ийэ тылын эйгэтигэр иитилиннэҕинэ, омук кутун-сүрүн, өр үйэлэргэ муспут муудараһын этигэр-хааныгар иҥэринэр, төрөөбүт тылын, бэйэтин омугун харыстыыр киһи буолар. Хайа да омук төрөөбүт тылын билэр, таптыыр, сыаналыыр кэнчээри ыччаттаах буоллаҕына, тыыннаах буолар, салгыы сайдар, барҕарар кыахтанар. Тыл – бүтүн норуот национальнай баайа, кэлэр кэскилэ.

Олунньу 13-14 күннэригэр уһуйааммыт иһинэн Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах декада чэрчитинэн “Сахам сирэ барахсан” үгэскэ кубулуйбут хоһоону дорҕоонноохтук ааҕыы күрэҕэ буолла. Күрэххэ барыта 43 оҕо кытынна.   Кыттааччылар П.Ойуунускай, Күндэ, П. Тобуруокап, С. Данилов, Т. Сметанин, П.Одорусов, Бүөтүр Байды уонна да атын поэттар хоһооннорун истээччини долгутар гына иэйиилээхтик аахтылар. Дьүүллүүр сүбэ чилиэннэринэн “Ромашка” уһуйаан салайааччыта Н. П. Андреева, СР Национальнай библиотекатын Оҕо уонна ыччат киинин библиотекардара А. Д. Яковлева, Н. Е. Васильева, Дьокуускай куорат “Мир приключений” билиотекара О. В. Боярова буоллулар.

Аралдьыйыыны алгыстаах тойугунан айхаллаата “Чуораанчык” бөлөх иитээччитэ О. И. Винокурова, амтаннаах алаадьынан, уохтаах кымыһынан, тэптэриилээх саламаатынан, минньигэс күөрчэҕинэн айах тутан күндүлээтэ “Сардаана” бөлөх иитээччитэ А. А. Васильева, “Сулусчаан”, “Күлүмчээн” вокальнай ансамбллар уонна Агния Харлампьева толорууларыгар эҕэрдэ ырыалара дьиэрэйдэ (салайааччы Р. Я. Спиридонова), таабырын таайыстыбыт, флешмоб үҥкүүлээтибит, түһүлгэҕэ тоҕуоруһан оһуокайдаатыбыт.

Ол курдук, быйылгы күрэх кыайыылаахтарынан буоллулар: Ян Егоров ( Л.  Попов “Эйэ ырыата”,  “Изумруднай куорат” бөлөх иитиллээччитэ),

Максим Мигалкин (Т. Сметанин “Сэрии ветераннара”, “Сир симэхтэрэ” бөлөх),

Агния Харлампьева (Б. Хабырыыс “Тураах”, “Чуораанчык” бөлөх),

Кира Андросова (Күндэ “Төрөөбүт тыл”),

Соня Муксунова (И. Павлов “Таптыыбын кылгас сайыннаах”).

Кыайыылаахтарга “Бастыҥ ааҕааччы” анал аат иҥэрилиннэ.

Маны таһынан кыттыылаахтарбытыгар “Алгыстаах ааҕааччы”, “Хомоҕой тыллаах ааҕааччы”, “Этигэн этээччи”, “Кэскиллээх ааҕааччы”, “Алыптаах тыллаах ааҕааччы”, “Үтүөнү түстүүр ааҕааччы” уонна да атын анал ааттар иҥэрилиннилэр.

Түмүктээн эттэххэ, “Сахам сирэ барахсан” хоһоон ааҕыытын күрэҕэ үрдүк таһымнаахтык ааста, хас биирдии кыттааччы олус бэлэмнэнэн, ис сүрэҕиттэн иэйиилээхтик аахта. Онон кыттааччылар, көрөөччүлэр бары даҕаны поэзия алыптаах эйгэтигэр тиксэн, олус дуоһуйан-астынан тарҕастылар.

Кыттааччыларга инникитин да үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт, ийэ тылларыгар, уус-уран литератураҕа болҕомтолоро өссө күүһүрдүн, тапталлара уҕараабатын!

Сахалыы сайаҕастык саҥарар, иэйиибитин истиҥник этинэр илбистээх Ийэ тылбыт үйэлэргэ сүппэккэ үүнэ-сайда турдун!

Саха тылыгар эбии үөрэхтээһин педагога Фёдорова Л. И.

Метки: