Сааскы сайа5ас салгыны кытары саамай уеруулээх кун – кэрэ анаардар Аан дойдутаа5ы бырааьынньыктара кэлэр.
Кыыс о5о – олох сибэккитэ, олохпут кэлэр кэскилэ, айыл5абыт киэргэлэ.
«Кустук» бэлэмнэнии белех кыргыттарын уонна Ийэлэрин икки ардыгар «Ийэ Куо Кындыа кыталык кыыьынаан» диэн курэх ааста.


Курэхпит 5 туьумэхтээх этэ:
1. Бэйэни билиьиннэрии
2. Музыкальнай нуемэр
3. Булуудэ
4. Талаан
5. Авангард
Са5аланыан иннинэ уолаттарбыт ийэлэри, эбээлэри, кыргыттары хоьоонунан э5эрдэлээтилэр.


Бу курэххэ биьиги белехтен 9 кэрэчээн кыргыттарбыт ийэлэринээн кытыннылар:
• Куннууун кулэр мичээрдээх Мичийэ Кузьмина ийэтинээн Нарыйа Владимировналыын
• Уеруугэ, кэрэ5э тардыьар Амелия Колодезникова ийэтинээн Саргылаана Иосифовналыын


• Килбик нарын иэйиилээх Харыстаана Заболоцкая ийэтинээн Кристина Иннокентьевналыын


• Дьиктигэ эрэнэр дьо5урдаах Кэрэчээнэ Борисова ийэтинээн Марфа Николаевналыын


• Кэрэни кэтэьэр кэскиллээх Сандаара Кириллина ийэтинээн Елена Валерьевналыын


• Суурэн – кетен туллуктанар Илона Бубякина ийэтинээн Иванна Николаевналыын


• Ырыа – тойук до5ордоох Нарыйаана Павлова ийэтинээн Наталья Григорьевналыын


• Кэрэни кэрэхсээччи Алгыстаана Оросина ийэтинээн Туйаара Софроновналыын


• Айар – тутар дьо5урдаах Куннэй Хамаганова ийэтинээн Инга Гаврильевналыын
Курэхпит дьууллуур субэтэ:

• Надежда Петровна Андреева, 39 №-дээх «Ромашка» уьуйаан сэбиэдиссэйэ
• Людмила Михайловна Жиркова, 39 №-дээх «Ромашка» уьуйаан сурун иитээччитэ
• Федора Егоровна Романова, биьиги логопедпыт
• Инна Иннокентьевна Максимова, биьиги психологпут
Ньургуьун сибэкки курдук киэркэйбит кыргыттарбыт уонна кун курдук кунду ийэлэрбит биэс туьумэх тухары кимтэн кииннээх Кэрэ куолар буолалларын, бэйэлэрин талба талааннарын, уус – уран тылларын, учугэй хаьаайкаларын, уран тарбахтаахтарын кердерен дьууллуур субэ тумук таьаарыар диэри о5олор сахалыы, нууччалыы, английскайдыы ырыалары ыллаатылар уонна оонньоотулар.


Дьууллуур субэ маннык анал ааттары таьаарда:
• «Ийэ Куо Кындыа кыталык кыыьынаан» — Сандаара уонна Елена Валерьевна Кириллиналар


• «Ийэ Куо Урун чемчуук кыыьынаан» — Мичийэ уонна Нарыйа Владимировна Кузьминалар


• «Ийэ Куо Намчы ньургуьун кыыьынаан» — Амелия уонна Саргылаана Иосифовна Колодезниковалар


• «Ийэ куо Лынкынас чуораанчык кыыьынаан» — Харыстаана уонна Кристина Иннокентьевна Заболоцкаялар


• «Ийэ Куо Кэрэчээн сибэкки кыыьынаан» — Кэрэчээнэ уонна Марфа Николаевна Борисовалар


• «Ийэ Куо Нарын урумэччи кыыьынаан» — Илона уона Иванна Бубякиналар


• «Ийэ Куо Кемус куерэгэй кыыьынаан» — Нарыйаана уонна Наталья Григорьевна Павловалар


• «Ийэ Куо Ча5ылхай сулусчаан кыыьынаан» — Алгыстаана уонна Туйаара Софроновна Оросиналар


• «Ийэ Куо Кун мичээрэ кыыьынаан» — Куннэй уонна Инга Гаврильевна Хамагановалар.
Кэрэ анардары барыларын Сааскы бырааьынньыгынан эгэрдэлээн туранч эгиэн – чэбдик туругу, иэйиилээх улэни, кун курдук сыдьаайа тыган, сибэкки курдук кэрэтик тыллын диэнбагарабыт!

Суруйда Могдоева М.П., «Кустук» белех иитээччитэ


Метки: