Тема: «О5о5о олонхо аартыгын арыйыы»
куруьуок бырагыраамата
БЫЬААРЫЫ СУРУК
Үөрэхтээһин дьайымала улахан бөлөххө нэдиэлэҕэ биирдэ 20-лии мүнүүтэ, ыйга 4-тэ ыытыллыа.
Олонхо – норуот тылынан уус – уран айымньытын саамай улахан керунэ, норуот уйэлэр тухары сайыннаран, чочуйан биhиги кэммитигэр диэри а5албыт баайа – дуола, бутун оло5о уонна историята. Манна саха сиэрэ – майгыта, ейе санаата, ба5ата – дьулуура барыта кестер.
О5о уонна олонхо. Саха о5ото кыра эрдэ5иттэн тереебут буоруттан силистэнэн – мутуктанан иитиллиннэ5инэ, норуотун тылын бар5а баайын, утуе угэстэрин этигэр – хааныгар инэриннэ5инэ, саха омук быьыытынан чэчирии сайдар. Ханнык ба5арар омук уѳскээбит олорбут оло5ун кэпсиир, сырдатар уостан-уоска бэриллэн, аныгы ыччакка тиийэн кэлбит уостубат-ѳспѳт айымньылаах буолар. Саха омуга уѳскээбит дойдутун тыынын, дьонун ѳйун-санаатын, оло5ун дьаhа5ын кэрэhэлиир суду айымньытынан олонхо буолар.
Билиӊӊи кэмӊэ оҕону сиэр-майгы өттүнэн иитиигэ улахан суолта бэриллэр. Саха оҕото омук үгэһин, сиэрин-туомун этигэр-хааныгар кыра эрдэҕиттэн иӊэрэн улааттаҕына, үрдүк култууралаах, сиэрдээх — майгылаах, олохтоох өйдөөх-санаалаах киһи буолар кыахтаах. Олонхо Аан дойду култууратыгар бастыӊ шедевр быһыытынан билиннэ, үрдүктүк сыаналанна. Олох ыараабыт, сиэр – майгы сатарыйбыт кэмигэр духуобунай баайбыт тумуллубут айымньытыгар, олонхо5о интириэспит кууhурдэ.
Ол иһин биһиги иннибитигэр оҕо олох кыра сааһыттан олоӊхо тылын — өһун, ырыатын тойугун истэ үөрэннэҕинэ, оҕо кутугар-сүрүгэр истибит дорҕооно, саӊата-иӊэтэ иӊэрэр наадалаах. Ол сиэринэн улааттаҕына олоӊхону истэр, ырытар, толкуйдуур дьоҕурданар. Саха о5ото айыл5аттан талааннаах. Ону сепке арыйан, ылынар, утуктэр кэмин муччу туппакка сайдар эйгэтин олохтуохха наада.
Cыала: Оҕолорго олоҥхону үөрэтэн сахалыы дорҕооннору чуолкайдык саҥарарга, тылларын саппааһын байытан ойуулаан-дьүһүннээн көрүүлэрин, өйгө тутар дьоҕурдарын сайыннарыы.
Cоруга:
1.Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго олоӊхо туһунан өйдөбүлү иӊэрии.
2.Оҕо олоӊхону сэӊээрэн истэр, өйдүүр буоларын ситиһии.
3.Тереппуту кытта ыкса сибээстээхтик улэлээьин.
О5о5о норуот кутун – сурун инирэргэ, иитэргэ араас туьумэ5и туьанан уерэтиэххэ соп.
1 туьумэх «Остуоруйа». Хас биирдии о5о кыра эрдэ5иттэн остуоруйа истэн улаатыахтаах. Ол онно олук буолар тереппут. Тереппут араас дьэрэкээн ойуулаах остуоруйалары тэннэ керен, кэпсэтэн о5о сайдыытыгар тирэх ууруохтаах. О5о остуоруйа истэ уерэннэ5инэ тыла — еhе, онорон керер, толкуйдуур дьо5ура сайдар. Ол курдук о5о уруну- хараны, утуену – мекуну араарарыгар, хорсун, куустээх, тулуурдаах буоларыгар уерэтэр. Остуоруйа аа5ааччы уус – ураннык, куолаhын уларытан, артыыстаан кэпсиэхтээх. Биир тыынынан, биир тиэмпэнэн аахтахха о5о интириэhэ сутэр. Сыыйа ииттээччи остуоруйаттан олонхо5о кеhен, кылгас быhа тардыылартан аа5ан са5алыыр.
2 туьумэх «Оонньуу». Оонньуу о5о билиитин – керуутун кэнэтэргэ, билэр – керер ба5атын, тылын – еhун сайыннарарга кеме буолар. Оонньуу кэмигэр о5о бодоруhар уонна айар сатабылларын сайыннарар кыахтаах. Ол курдук олонхону, о5о сааhын керен, араас оонньуу ненуе оонньотуохха сеп. Холобура, «Остуол оонньуута», «Хамсаныылаах оонньуу», «Оруоллаах оонньуу», «Куукула тыйаатыр» уо.д.а
3 туьумэх «Уруhуй». О5ону уруhуйга уhуйуу бодороhуу биир сурун керунэ буолар. Ол курдук мнемотехника кеметун туhунан олонхо ис хоhоонун уруhуй бэлиэлэри уруhуйдаан о5олорго олонхону эмиэ уерэтиэххэ сеп. О5о уруhуй — бэлиэ ненуе олонхону тургэнник ылынар, кэпсии уерэнэр. Онтон сыыйа о5олорго бэйэлэригэр уруhуйдатыахха сеп. Уксун о5о дьиэ5э, уhуйаанна уруhуйдуу олорон санара – санара, кэпсии – кэпсии уруhуйдуурун собулуур. Онуоха улахан киьи буойбакка – хаайбакка ис – хоьоонун арыйарга кемелhуехтээх.
4 туьумэх «Ырыа, тыас — уус». Олонхо ырыата – тойуга, тыаhа – ууhа суох буолбат. Саамай кэрэтэ ырыатыгар, тойугар буолар. О5о ылла да сатаан ыллаан туойан барбат. Онуоха о5о5о олонхо хас биирдии дьоруойдарын, кыылларын — кетердерун матыыптарын иьитиннэрэн, оччого эрэ о5о ылынан, сепке тэтимин батыhан, оруолугар киириэн сеп.
5 туьумэх «Биирдиилээн, беле5унэн». О5о уус уран тылы-ѳhу билэригэр бэйэтин сааhыгар сѳптѳѳх тойугу, олонхону уѳрэтии.
Куруьуок иитээр – уерэтэр соруктара:
- Олонхо ис хоьоонун билиьиннэрэн, ырытан, о5о олонхо уобарастарын, быьылааннарын ейугэр онорон керер дьо5урун сайыннарыы;
- Олонхону толоруу, толорорго уерэнии киьиттэн ей – сурэх угус улэтин, элбэх дьарыгы, бол5омтолоох буолууну ирдиирин итэ5этии уонна ити еруттэри сайыннарарга дьулуьуу;
- О5олору сиэрдээх быьыыга- майгыга, ѳйгѳ-санаа5а иитии, ѳбугэлэрбит угэстэрин, итэ5эллэрин, тѳрут культуураны о5о5о ѳбугэлэрбит оонньууларын нѳнуѳ тириэрдии- уѳрэтии. О5о бэйэтин кыа5ар эрэли уескэтии, дьон – сэргэ ортотугар толлубакка санарда, кэпсииргэ уерэтии.
Олонхону кыра сааhыттан билсэн, этигэр хааныгар инэринэн, ылынан улааппыт о5о:
- Ѳйдѳѳн истэр дьо5ура сайдар
- Олонхо тылыгар-ѳhугэр интириэhэ уhуктар.
- Тѳрѳѳбут норуотун былыргы оло5ун-дьаhа5ын кытта билсэр
- Ыраа5ы толкуйдуур ыраналыыр буолар, ойуулаан-дьуhуннээн, уобарастаан кѳруутэ сайдар
- Тулалыыр айыл5атын, эйгэтин убаастыыр, учугэй-куhа5ан ѳруттэри араарар, тѳрѳѳбут норуотунан киэн туттар буола улаатар
- Айыы сыралын инэринэн, сахалыы сиэрдээх киhи кэрэмэhэ буолар кыахтанар.
Куруьуок улэтин былаана
№ |
Ый |
Улэ керуннэрэ |
Сыала |
1 |
Бала5ан ыйа |
Билсиьии. Остуоруйалаьыы. Истибит остуоруйаларын ырытыы (оонньотуу, уруьуйдатыы, викторина таайыыта, истибиттэн кэпсээьин) |
1.О5олору кытта ыкса билсиьии сылыктаан керуу 2.О5о интириэьин тардан бэйэ5э сыьыарыы 3.Остуоруйаны истэр, ырытар уеруйэхтэрин сайыннарарга олук ууруу. |
2 |
Алтынньы
|
Тылы – уоьу имитэр эрчиллиилэри ыытыы (логопедическай эрчиллиилэр, оонньуулар, чабыр5ахтатыы, кыра хоьооннору аахтарыы). Сахалыы ырыаны – тойугу билиьиннэрии, сепке тыыныга эрчиллиилэр. Остуоруйалаьыы (хартыынан кэпсээьин). |
1.Дор5ооннору чуолкайдык санардыы, тыл, уос быччыннарын сайыннарыы. 2.Сахалыы ырыа матыыбын батыьан ыллыырга уерэтии. 3.Остуоруйаны хартыынанан кэпсииргэ салгыы уерэтии. |
3 |
Сэтинньи |
Олонхону билиьиннэрии. Олонхону остуоруйанан истии, араас ньыманан ырытыы. Олонхо персонажтарын куукуланан билиьиннэрии (оонньуу, куукула театра…) |
1.Олонхо ис хоьоонун уерэтии 2.Олонхо истэр, ырытар уеруйэхтэрин сайыннарыы. 3.Оооньуу ненуе о5олору угуйуу. |
4 |
Ахсынньы |
Мнемотехника кеметун туьаныы. Персонажтар ырыаларын иьитиннэрии. Тылы – уоьу имитэр эрчиллиилэри ыытыы (логопедическай эрчиллиилэр, оонньуулар, кыра хоьооннору аахтарыы). Сахалыы ырыаны тойугу билиьиннэрии (записьтары истии, норуот ырыатын ыллатыы, сепке тыыныыга эрчиллиилэр). |
1.мнемотехника кеметун туьанан о5о интириэьин тардыы олонхо. 2.Толоруохтаах олонхолорун ейдерунэн – санааларынан ылыналларын ситиьии. 3.Дор5ооннору чуолкайдык санардыы, тыл – уос былчыннарын сайыннарыы. 4.Сахалыы ырыа матыыбын батыьан, ыллыырга уерэтии. |
5 |
Тохсунньу |
Олонхо олуктарын биирдиилээн толорорго уерэтии. Уустук тыллары быьаарыы. Олонхо ырыаларын биирдиилээн уерэтии, ырыаларын иьитиннэрии. Тылы – уоьу имитэр эрчиллиилэри ыытыы (логопедическай эрчиллиилэр, оонньуулар, кыра хоьооннору аахтарыы). Сахалыы ырыаны тойугу билиьиннэрии (записьтары истии, норуот ырыатын ыллатыы, сепке тыыныыга эрчиллиилэр). |
1.Олуктарын ис хоьоонун толору ейдууллэрин ситиьии. 2.Дор5ооннору чуолкайдык санардыы, тыл – уос былчыннарын сайыннарыы. 3.Сахалыы ырыа матыыбын батыьан, ыллыырга уерэтии. |
6 |
Олунньу |
Олонхо олуктарын беле5унэн толорорго уерэтии. Олонхо ырыаларын салгыы биирдиилээн уерэтии. Тыл кунугэр аналлаах тэрээьиннэргэ кыттыы. |
1.Олонхо олуктарын холбоон беле5унэн толорорго уерэтии. Бэйэ – бэйэлэрин истиьэн, олонхо ис хоьоонун чуолкайдык ейдуулэрин ситиьии. |
7 |
Кулун тутар |
Биирдиилээн толорооччуну кытта эрчилллии. Тылы – уоьу имитэр эрчиллиилэри ыытыы (логопедическай эрчиллиилэр, оонньуулар, кыра хоьооннору аахтарыы). «Мин Сахам сирэ» билии курэ5эр кыттыы. Биирдиилээн толорууга холонон керуу. «Бриллиантовые нотки» курэххэ кытыы. |
Толоруллар олонхо ис хоьооунун диринник ейдеен туран толороллорун ситиьии. Тылы еьу чуолкайдааьын, интонация5а улэлэьии. Курэхтэргэ бэлэмнэнии. |
8 |
Муус устар |
Белеххе толорууга салгыы уерэтии. Оонньуу. |
Беле5унэн толорооччуларга бол5омто ууран эрчийии. |
9 |
Ыам ыйа |
Викторина курэх ыытыы. |
Сыллаа5ы улэ тумугун курэх ненуе билии. |
Туттуллубут литература:
- И.И. Каратаев. Оҕону чуолкайдык саҥарарга үөрэтии уонна грамотаҕа үөрэнэргэ
бэлэмнээhин – Дьокуускай.
- Е.П. Чехордуна , Е.П. Иванова . Олоҥхо эйгэтэ – Дьокуускай, 2005 с.
- СР төрүт омуктар оскуолаларын чинчийэр института. Оҕо уонна олонхо – Дьокуускай,
2006 с.
- Е.П. Чехордуна, Мин дойдум – олоҥхо дойдута – Дьокуускай, 2006 с.
- С.С Васильев, Саха суруйааччылара оҕолорго –Дьокуускай «Бичик», 200һ с.
- .«Тойукка, оһуохайга оҕону үөрэтии», Дьарылы-Саввинов Н.И Дьокуускай,2001г.
7.Д.Г.Ефимова, С.С.Ю «Олонхо педагогигатын оҕо садыгар олохтооһун»«Бичик»
Дьокуускай 2013с.
- М.А.Черосов «Олонхо-норуот баайа» Дь. 2009с.
- Е.П. Чехордуна, А.С.Ефимова,Т.В.Старостина «Олонхо; эти-сиини эрчийии»
10.Л.П.Лепчикова, Х.К.Татаринова, Г.Н.Иванова «Саха фольклора оскуола иннинээҕи
саастаах оҕолорго» Дь.1993
- Региональная программа «Тосхол» под ред. Харитоновой М.Н., Ефимовой
Д.Г.СеменоваС.С .г. Якутск, 2014г
- А.Е. Захарова, У.М. Флегонтова, З.Г. Сысолятина «Олонхону толорууга уьуйуу» оскуола иннинээ5и саастаах о5ону уерэтии. 2019г
- Д.Г. Ефимова, В.В. Аммосова «Олонхо о5о уруьуйугар». 2007г.
- В.Ю. Андросова, Н.П. Александрова «Олонхо в ирговой деятельности детей», 2013г
Подробно о кружковой работе можете посмотреть на моем личном сайте по ссылке https://nsportal.ru/detskiy-sad/raznoe/2021/10/27/kruzhkovaya-rabota-o5o5o-olonho-aartygyn-aryyyy
Самоотчет по кружковой работе
Кружок «О5о5о олонхо аартыгын арыйыы» посещали 10 детей. Кружковая работа осуществлялась в соответствии с планом. Обучение проводилась один раз в неделю, во вторую половину дня.
Данная тема приобретает особую актуальность в условиях таких поликультурных регионов Российской Федерации, как наша Республика Саха (Якутия), где проблема создания условий для формирования этнокультурной компетентности подрастающего поколения приобретает особую значимость. Важнейшие задачи развития отечественного образования связаны с формированием компетентностей подрастающего поколения, в том числе этнокультурной компетентности.
Якутский эпос олонхо является источником для духовного воспитания молодого поколения. В настоящее время идет ознакомление с олонхо с малого возраста, это обогащает их духовно и развивает творческий талант. В дошкольных учреждениях республики накоплен богатый опыт знакомства с героями эпоса олонхо.
Есть несколько причин того, что я решила знакомить детей с олонхо. Основные из них, это то, что стих олонхо сложен согласно природному ритму восприятия ребенка. Ребенок слушает текст, понимает смыслы, в него заложенные. Это детский текст. Текст, составленный как кодовая информация для вновь появившихся поколений. И олонхо в том смысле – детское произведение. И человек может воспринимать его именно в детском периоде своей жизни, чтобы затем иметь вход, код в мир олонхо во взрослой своей жизни.
На занятиях с детьми применяются разные методы и приемы обучения: пальчиковая гимнастика, мозговая гимнастика, рассказ, показ, объяснение, беседа, конструирование, работа с раздаточным материалом, дидактические игры, моделирование. Кружковая деятельность носит развивающий и познавательный характер.
Работу провела по 5 этапам:
- «Сказка»
- «Игра»
- «Рисование»
- «Песня, звуки»
- «Индивидуальная и групповая»
В результате проведенной работы по кружковой деятельности мои воспитанники научились выступать на сцене, пополнился словарный запас, приобщились к обычаем своего народа.
Участие по кружковой деятельности
Дата |
Содержание |
Результат |
2018 |
— Республиканский конкурс «Дитя Земли Олонхо». Аянитов Вадим — VI республиканский конкурс фестиваль «Зима начинается с Якутии» Аянитов Вадим в номинации «Фольклор» — Республиканские заочные Ойуновские чтении «Мин ырыам ылланыа, мин аатым ааттаныа» Аянитов Вадим |
Номинация «Талба талаан»
Лауреат 2 степени
Номинация «Дор5оонноох аа5ааччы» |
2019 |
— Городской конкурс посвящённый 125 – летию П.А. Ойунского «Бастын литературнай – музыкальнай дьуьуйуу» Аянитов Вадим — Республиканский заочный конкурс «Твой успех». Аянитов Вадим — Городской конкурс «Олонхо оонньута» Егоров Ратмир, Артемьев Дима, Васильева Уйгууна, Максимова Аина, Андреев Кирилл, Федорова Валя, Иванова Васианна |
Биьирэбил туоьута
Гран-при
Диплом 3 место |
2021 |
— IX Международны й творческий конкурс – фестиваль «Бриллиантовые нотки» Аргунов Андрей — II Республиканский творческий конкурс «Таланты земли Олонхо» Готовцев Тима — Республиканский конкурс «Олонхо алыптаах дойдута» Аргунов Андрей — II Республиканский творческий конкурс «Таланты земли Олонхо» Аргунов Андрей |
Лауреат 3 степени Лауреат 1 степени.
сертификат Лауреат 3 степени. |
Фотографии результаты участий можете посмотреть по ссылке
https://nsportal.ru/albom/2021/10/28/uchastie-detey-po-kruzhkovoy-rabote