Ыам ыйын 30 күнүгэр “Остуоруйа дойдута” эбии бөлөхтөрүгэр сахабыт сиригэр самаан сайын сатыылаан кэлбит үөрүүтүгэр, өбүгэбит үгэһинэн Үрүҥ Тунах ыһыах ыһар үтүө күммүт буолан ааста.
Сэттэ ый тухары сэтэрээбит,
А5ыс ый тухары аарыгырбыт
Тымныылаах кыһыммыт ааһан.
Самаан сайын кэллэ,
Күөх сирэм чэлгийдэ
Кэрии тыаҕа кэҕэ эттэ,
Күндэл халлааҥҥа күөрэгэй ыллаата.
Маннык үтүө күнҥэ, маннык кэрэ кэмҥэ,
Саха киһитэ ыһыах ыһар үгэстээх.
Үрүҥ Тунах ыһыах ыһар үтүө күммүтүнэн сахалыы Айхал, урааҥхайдыы Уруй буолуохтун!
Үгэс быhыытынан сахалыы таҥаска, мааны сандалыга бөлөхтөрүнэн күрэх буолла. Саха танаhыгар «Сир симэхтэрэ» бөлөхтөн Антоновтар дьиэ кэргэн кыайыылаа5ынан та5ыста. “Бастыҥ сандалы” аатын «Сир симэхтэрэ» бөлөх ылан үөрүүлэрэ үксээтэ.
Былыр былыргаттан биһиги өбүгэлэрбит алаас – алаастартан ыҥырсан, кус – быһый дьоннорун күрэстэһиннэрэн ыһыах дьонун сэргэхситэллэрэ, ол сиэринэн биһиги эмиэ өбүгэлэрбит оонньууларыттан оонньоон – көрүлээн аастыбыт.

 

Метки: