Сэттэ ый тухары сэтэрээбит,
А5ыс ый тухары аарыгырбыт
Тымныылаах кыһыммыт ааһан.
Самаан сайын кэллэ,
Күөх сирэм чэлгийдэ
Кэрии тыаҕа кэҕэ эттэ,
Күндэл халлааҥҥа күөрэгэй ыллаата.
Маннык үтүө күнҥэ, маннык кэрэ кэмҥэ,
Саха киһитэ ыһыах ыһар үгэстээх.
Үрүҥ Тунах ыһыах ыһар үтүө күммүтүнэн

Сахалыы Айхал, урааҥхайдыы Уруй буолуохтун!

Ыам ыйын 31 күнүгэр биhиги уhуйааммытыгар  сахабыт сиригэр самаан сайын сатыылаан кэлбит үөрүүтүгэр, өбүгэбит үгэһинэн Үрүҥ Тунах ыһыах ыһар үтүө күммүт буолан ааста. О5о-аймах, төрөппүттэр, уhуйаан үлэhиттэрэ чээлэй күөххэ үктэммит үөрүүлэрин үксэтэ, алгыс иӊэринэ, сылаас-сайдам оло5у түстүү то5уоруhан кэлбиттэр. Алгыстаах тойугунан ыhыахпытын астыбыт. Нарын ырыа дьиэрэйдэ, хомус тыаhа  лынкынаата, оhуохай дуорайда, флешмоб уӊкуулээтибит.

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

Үгэс быhыытынан сахалыы таҥаска, мааны сандалыга бөлөхтөрүнэн күрэх буолла. Бу күрэххэ «Изумрудный город» бөлөхтөн Титовтар дьиэ кэргэн кыайыылаа5ынан та5ыста,

2 миэстэ — Борисовтар («Изумрудный город»),

3 миэстэ — Чичигинаровтар («Солнечные зайчики»)

“Бастыҥ сандалы” аатын «Изумрудный город» бөлөх ылан о5олор, төрөппүттэр үөрүүлэрэ үксээтэ.

Бу бөлөх төрөппүттэрэ үрүн ас 7 көрүнүн, эт ас 9 көрүнүн, бурдук ас 6 көрүнүн уонна утах арааhын маанылаах сандалыга уурбуттар. Манна да5атан эттэххэ, бу бөлөх сылын аайы “Бастыҥ сандалы” аатын ылар.

Саха кыыhын мааны киэргэлэ толбоннурар уhун суhуо5а буолар.  Биhиги уhуйааммытыгар «Уhун суhуох» күрэх кыайыыла5ынан буоллулар:

7 тутум 1 тарбах суhуохтаах Жарханская Марина «Сир симэхтэрэ» — 1 миэстэ ,

2 миэстэ — Сивцева Амелия 7 тутум «Сир симэхтэрэ»,

3 миэстэ — Харитонова Даша 6 тутум 1 тарбах «Сир симэхтэрэ».

Былыр былыргаттан биһиги өбүгэлэрбит алаас – алаастартан ыҥырсан, кус – быһый дьоннорун күрэстэһиннэрэн ыһыах дьонун сэргэхситэллэрэ, ол сиэринэн биһиги эмиэ өбүгэлэрбит оонньууларыттан оонньоон – көрүлээн аастыбыт. Ол курдук мас тардыhыыга: 1 миэстэ — Винокуров Герман, 2 миэстэ — Нащекин Саша, 3 миэстэ —Романов Артем буоллулар.

Кус быhый  сүүрүүгэ: 1 миэстэ — Винокуров Герман, 2 миэстэ — Семенов Максим, 3 миэстэ — Нащекин Саша.

«Иэрэгэй» оонньуутугар уолаттарга 1 миэстэни Нащекин Саша ылла , 2 миэстэ – Белолюбский Артур, 3 миэстэ – Винокуров Герман. Кыргыттарга: 1 миэстэ — Краснова Лиза, 2 миэстэ – Солодова Алена, 3 миэстэ – Соловьева Алиса.

Кыайыылахтарга грамоталар уонна бэлэхтэр туттарылыннылар, бары кыттыбыттарга минньигэс приз.

Самаан Сайын кэлбитинэн уруй-айхал!!!


 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

Суруйдулар – Федорова Л.И., Романова Ф.Е.

Метки: